Myvideo

Guest

Login

Амматтан Неустроевтар дьиэ кэргэн: сайдыы, инники кэскилбит туугар куоластаатыбыт

Uploaded By: Myvideo
2 views
0
0 votes
0

Амматтан Неустроевтар дьиэ кэргэн: сайдыы, инники кэскилбит туһугар куоластаатыбыт Бүтүн Россиятааҕы “Всей семьей” бырайыакка кыттар Амма элбэх оҕолоох ыала Сахаяна уонна Дмитрий Неустроевтар гражданскай иэстэрин толорон, быыбардыыр учаастакка Россия бэрэсидьиэнин талыыга куоластаатылар Спорду өрө тутар, чөл олохтоох, общественнай олоххо көхтөөх ыал “Дьиэ кэргэнинэн” диэн бырайыакка кытталлара, бэйэлэрэ этэллэринэн, барыларын ордук сомоҕолоото. Ол туһунан Неустроевтар Ил Дархан Айсен Николаевтыын көрсүһүүлэригэр эмиэ этэн тураллар: Сомоҕолоһуу, биир санааланыы, биир сыаллаах буолуу - хас нэдиэлэ ахсын кинилэргэ бэриллэр уустуга суох сорудахтар сүрүн сыаллара-соруктара буолар. Холобура, Неустроевтар 14-с сорудахтара – быыбарга кыттыы Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000-тан тахса дьиэ кэргэн кыттар. Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/ #всейсемьей #всейсемьей14 Источник: UM Якутия

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later