Туймаада ыһыаҕар «Бэргэн оонньуулара» аан бастаан ыытыллыахтара Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Үс Хатыҥҥа буолар Туймаада ыһыаҕар оҕолорго «Бэргэн оонньуулара» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс ыытыллыа. Бүгүн оҕолор хаһыс нүөмэринэн кытталларын таллылар. Бу оонньуу девиһэ “Бэргэн оонньууларыттан - Дыгыҥҥа“ диэн. Ол курдук, бастакытын ыытыллар “Бэргэн оонньууларга“ кыттар уолаттарга ситиһиилэри баҕарабыт! Кыайыылаах мотоцикл хаһаайына буолуоҕа. Санатар буоллахха, күрэс Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар уонна «Азия оҕолоро» VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга ананар. Source: Ulusmedia Sport
Hide player controls
Hide resume playing