🏫Оскуола үөрэнээччилэрэ күһүҥҥү сынньалаҥнарын кэмигэр төрөппүттэрин кытта бииргэ күннэрин атаараллара үксүүр Алтынньы 29-30 күннэригэр дьиэ кэргэн түмсүүлээх буоларын ситиһэр сыалтан Муома орто оскуолатыгар “Родные - любимые“ диэн дьиэ кэргэн форума олус интэриэһинэйдик ыытылынна. 1️⃣🚩Бу тэрээһин “Бастыҥнар хамсааһыннара“ олохтоох салаатын (М. А. Дягилева) өйөбүлүнэн тэрилиннэ. Икки күн устата төрөппүттэр оҕолорун кытта үөрэтэр уонна айар хайысхалаах маастар-кылаастарга сырыттылар. ⭕Бастакы күн үп-харчы боппуруостарын сөпкө быһаарыы, идэни таба талыы,“ Пушкинскай карта“ туһатын, подросток оҕолору кытта кэпсэтии уратытын туһунан анал идэлээх исписэлиистэр А. А. Пилюченок, Е. П. Ефимова, А. С. Семенова, А. Е. Орлова уонна “Ситис“ оҕо түмсүүтэ сырдаттылар. ⭕ Иккис күн А. С. Семенова анал байыаннай операция буойуннарыгар анаан харысхал оҥорор маастар-кылааһын ыытта, А. Е. Жиркова салалтатынан оҕолор төрөппүттэрин кытта хотугу сири көрдөрөр кэрэ көстүүлээх хартыынаны уруһуйдаатылар, 11 “А“ кылаас үөрэнээччилэрэ эчэйбит киһиэхэ бастакы суһал көмөнү оҥорор ньымаларын көрдөрөн үөрэттилэр. Дьиэ кэргэн форумугар кэлбит дьон, оҕолор бары элбэх туһалааҕы, сонуну билэн, саҥаҕа үөрэнэн астынан тарҕастылар. 🔆Оскуола салалтата төрөппүттэргэ уонна күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махтал тылын тиэрдэр🙌🏻 *Дьиэ кэргэн түмсүүтэ - инникигэ эрэл мэктиэтэ* бу буолар! 👍 ✍🏼Татьяна Данилова @indigir_uottara
Hide player controls
Hide resume playing