Myvideo

Guest

Login

Алаа дьиэ арааччыта - дьахтар. Светлана Атласова

Uploaded By: Myvideo
1 view
0
0 votes
0

Сылаас холумтаннаах, сандалытыгар итии чэйдээх ыалдьыттары эйэҕэстик көрсөр хаһаайка бастыҥнара тыа сиригэр олороллор. Тыа дьоно барахсаттар күннээҕи түбүктэриттэн аралдьыйа таарыйа, ансаамбылга үҥкүүлээн, иис куруһуогар сылдьан, сэргэхсийэн бараллар. Эдэр саастарыгар гастроллаан, нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттан, көрөөччү биһирэбилин элбэхтик ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыбыттара, билигин даҕаны бары ыытыллар тэрээһиннэргэ куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин ытык-мааны далбара Светлана Атласова буолар. Кини 5 оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруортаан, олоҕун устата үлэттэн дьоллонон, эйэҕэс эбээ, холобур буолар хос эбээ. ✍🏻📹 Элиэнэ Кэрэ

Share with your friends

Link:

Embed:

Video Size:

Custom size:

x

Add to Playlist:

Favorites
My Playlist
Watch Later