Туризмы тыа сиригэр эмиэ сайыннарыахха сөп ️ Тыа дьоно тыа хаһаайыстыбатыттан ураты өссө эбии туризмынан дьарыктаныан сөп. Валентина, Василий Неустроевтар икки оҕолоох эдэр дьиэ кэргэн Бэдьимэ нэһилиэгин Быһыттаах диэн сиригэр 4 гаа сири Уһук Илин гектарынан ылан, уонча сыл ыралаабыт баҕа санааларын олоххо киллэрэн, бэйэлэрин күүстэринэн дьон сынньанар сирин тэрийбиттэр. ️ ️ Турбаза турар миэстэтэ ураты кыраһыабай айылҕалаах. Ыраас-сырдык уулаах, субуллар Суола үрэх үрдүгэр турар буолан, аат толкуйдуурга «Үрэх» диэн тылга «Суола» бастакы буукубатын холбоон «Сүрэх» диэн тылы таһаарбыттар. Сүрэх диэн тыл тапталы, сылаас иэйиини, дьиэ кэргэни кытта ыкса ситимнээх тыл буолар. «Сүрэх» турбазаҕа икки тутуу баар. Аныгылыы тутуулаах А-фрейм дьиэ уонна иһигэр паарданар хостоох, баанньыктаах сынньанар дьиэ. Дьиэлэр иккиэн аныгылыы хааччылыылаахтар. Ону таһынан үрэх үрдүгэр сайыҥҥы өттүгэр 150 киһиэхэ аналлаах, үрүттээх, аһаҕас тутуу баар. Сиһилии ⏪ @gazetaerkeii [club197321747|@ulusmedia] Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Hide player controls
Hide resume playing