КӨҤҮЛЭ СУОХ БАЛЫКТААҺЫН ЫСТАРААБА Саха сирин олохтоохторо хатыыһы илимнээн холуобунай дьыалаҕа тардыллыбыттарын, сууттаммыттарын уонна хас эмэ мөлүйүөннээх ыстарааптаммыттарын туһунан бары истэ-билэ сылдьабыт. Хатыыһы балыктыыр көҥүллэммэт диэн санаа олохсуйуох курдук. Ол курдук, 1 хатыыһы көҥүлэ суох бултааһын ыстарааба 160 тыһыынча солкуобайтан тахса, 1 муксуун – 70 тыһыынча. Тоҕо нэһилиэнньэҕэ наһаа улахан ыстараап олохтоммутай диэн ыйытыы сотору-сотору күөрэйэн тахсар. Соторутааҕыта Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ ыстараап кээмэйин намтатар этиини киллэрдэ уонна дойду бырабыыталыстыбатыгар туһаайыы суругу ыытары туруоруста. Салҕыы бу этии дьылҕата хайдах буолуой? Дойду бырабыыталыстыбата ылыныа дуо, балаһыанньа уларыйыа дуо? Бу кыһалҕаны ырытыы сэргэхтик ааста, дьон санаатын этиннэ: ыстараап ботуччу кээмэйэ хантан ылыллыбытай? Тоҕо бачча үрдүгүй? Промышленнай тэрилтэлэр өрүһү киртиттэхтэринэ итиннээҕэр быдан кыра ыстараабы төлүүлл... Источник: Новости Ил Тумэн
Hide player controls
Hide resume playing